Хомурахха хоммут хоһооннор
Размер шрифта: 13
«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»
- Мин, түлэй түүн ыалдьыта,
- Хомуһуннаах тыл хоноһото,
- Атын эйгэ туора ырыаһыта,
- Иэйии ыарыылаах дьахтара
- буолабын.
- Сир ийэ көстүбэт сииктэрин
- Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,
- Үс дойду кичим кистэлэҥин
- Күлүүһэ суох харабыла
- буолабын.
- Уулаах харахтаах одуулаабат
- Инчэҕэй илиилээх туппат,
- Сарымтах таҥастаах чугаһаабат
- Соргулаах аартык доҕуһуолдьута
- буолабын.
- Сай барар салгын илгиэрдээх,
- Суй гынар түргэн иэйиилээх,
- Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,
- Моһуок идэлээх суруксут
- буолабын.
Муммут дууһа
- Күндэлэс уоттаах түннүктэр
- Көһүтэллэр дуо миигин,
- Сылаас чэйдээх остуоллар
- Ыҥыраллар дуо миигин?
- Хараҥа кууспут далайыттан
- Халты туттар буолуом дуо,
- Эрэл угуйар кыымыттан
- Эмэх бэйэм умайыам дуо?
- Сору суорар олохпор
- Соргу күнүн көрүөм дуо,
- Аньыым аалар муҥуттан,
- Айыым кутун тутуом дуо?
- Муммут дууһам кыаһыта
- Муннук чэҥэ ууллуо дуо,
- Маннык ыарык кыһалҕа
- Мүччү баран түһүө дуо?
«Түлэй хара түүн…»
- Түлэй хара түүн
- Хараҥалыын силбэнэн,
- Тулам бүрэ күлүгэр
- Холбоһобун кумунан.
- Ый эрэ ытыһын таһынар,
- Ыт эрэ улуйан хантайар,
- Мин эрэ иһийэн сыһыйар
- Чох хара түүнэ уһунуон…
«Саарбах санаа…»
- Саарбах санаа
- Сэбирдэҕэр олорсон,
- Хахсаат тыал
- Холоругар ытыллан,
- Тыллыбыт умнастан
- Туура тутуллан,
- Умнуллубут ыллыкка
- Умса түһэр ынырыгыан…
- Кылгас санаа
- Кыымыгар кыбыллан,
- Күлүмнүү умайар
- Көмүлүөк түөһүттэн
- Кыырайа көтөн
- Кытара түһээт,
- Балаҕан буоругар
- Умуллан хаалар ынырыгыан…
- Көмүс санаа
- Кынатыгар кыттыһан,
- Кыаллары ыралаан,
- Күөххэ тардыһан,
- Көнө олоххо
- Көҥүл тыынар,
- Кылгаһын да иһин,
- Күндүркэй ини ньии…
«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»
- Хоһоон холбоон хоҥкуйан,
- Хомоҕой тылы халбыйан,
- Хараҥа иэйиини хаһыйан
- Хоройо хонобун хорооммор.
- Тоҕо эн, тыыппа тыл,
- Тыын сирбэр уйаланан,
- Тоҕо куппун хат тарбыы
- Туой туолбаккын астынан?
Хоһоон
- Хомурахха хоммут хоһооннор
- Хабдьы буолан көппүттэр,
- Сииккэ сүппүт тылларым
- Сиккиэр буолан сайбыттар.
- Үрэххэ сырсыбыт иэйиилэр
- Үрүмэччи кыната буолбуттар,
- Хатыҥҥа саспыт санаалар
- Хампа күөххэ умсубуттар.
- Дууһа муҥур дайыыта
- Ырыа ыллаан сапсыммыт,
- Кутум көмүөл күрүлгэнэ
- Куйаар устун кутуллубут.
- Хоһоон уохтаах атынан
- Хоту Чолбону табыйбыт,
- Хотой кыылга олорсон
- Халлаан сиигин тарыйбыт.
- Хоһоон көҥүл боотура,
- Харса суоххун, хоодуоккун,
- Хоһоон ураты ууһа,
- Хомуһун уоххун сөҕөбүн.
«Олох долгунун быыһынан…»
- Олох долгунун быыһынан
- Оҥочом устан түөрэҥниир,
- Оргууйдук эрдинэр кыахтарым
- Оргуйар айаммар күүһүрэр.
- Ыйдарар сулуһум – Чолбон,
- Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,
- Ырыам сырдык ыралаах,
- Ырам ыраах сүүрүктээх.
- Күрүлгэн күүтэр иннибэр
- Кыахпын тургутар көтүү,
- Кытаат, тулус, оҥочом!
- Күлэр күнүм, кииримэ!
«Түүҥҥү хара халадаай…»
- Түүҥҥү хара халадаай
- Эҥээриттэн тутуһан,
- Түүлүм түлүк дойдутугар
- Түлэй-балай түһэбин.
- Күөх айылҕам былаатын
- Көҕөрүмтүйэр күөнүгэр,
- Күн уотун анныгар
- Көтөн-дайан иһэбин.
- Күһүнүм кыһыл атынан,
- Көҕүлүттэн тутуһан,
- Сырдырҕас тыаһынан
- Тэйэн-тэбэн сыыйабын.
- Сороҕор суор буолан
- Сэргэбэр түһэбин,
- Саба үүммүт эрбэһини
- Соҥуора-сонньуйа көрөбүн.
- Түүл даҕаны араастаах,
- Аптаах дойду быһыылаах…
Ньургуһун
- Сылластым, сылаас иэйиинэн
- Саһархай бэйэҕин ахтаммын,
- Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,
- Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.
- Аттыбар саас үҥкүүтэ,
- Араҕас оһуор үктэлэ,
- Алааска олох тиллиитэ,
- Айылҕа уһуктар эргиирэ.
- Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,
- Тапталым эргийэр иэдэһэ,
- Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,
- Талаһар эрэлим иэйиитэ.
- Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,
- Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,
- Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,
- Ньургуннук олоххо талаһыа.
«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»
- Сааскы ырыа таптала – дииллэр
- Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
- Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
- Хорсун кэрэ сибэккини.
- Кини курдук, сырдык сааска
- Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
- Кини курдук өрө анньан,
- Сайан-сырдаан нуурайыахха.
- Көрбүт бары үөрэ түһэр,
- Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
- Намчы-намчы ньуолах төбө
- Нарын-нарын Ньургу кыыс.
«Тааттам нарын хатыҥа…»
- Тааттам нарын хатыҥа
- Талах уолу кууспута,
- Таптыыр сүрэх ытыһын
- «Тутус» диэхтии ууммута.
- Онно, үрэх уутугар,
- Уоттаах иэйии күлбүтэ,
- Онно, сүүрүк атаҕар,
- Уохтаах илдьит көппүтэ.
- Маҥан намчы харылар
- Эдэр талаҕы бигииллэр,
- Тулам бары иһийэн
- Таптал кыымын кистииллэр.
- Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,
- Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,
- Үрэх чуумпу күлүгэр
- Үрдүк иэйии уураһар.
Сайын
- Куйаас тыынын бүрүнэн,
- Кустук курун тардынан,
- Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн
- Кэллэ сайын, илгийэн.
- Хамсыыр бары көҕүйэн,
- Халлаан эмиэ көҕөрөн,
- Тулам бары киэркэйэн,
- Хаамта сайын, сайбайан.
- Ылбай олох салҕанан,
- Ырам ыллыга аһыллан,
- Күөгэл-нусхал тыыннанна,
- Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.
- Сайын, сайын барахсан,
- Сайыһыаҕым, ыксаама,
- Сайын, сайын, биһигим,
- Сатыылыахха, куотума.
«Күлүм-чаҕыл күнүм уота…»
- Күлүм-чаҕыл күнүм уота
- Күлэн-үөрэн мичилийдэ,
- Куйаас-найаас саба кууһан
- Күөгэл-нусхал тула түстэ.
- Алаас аайы солко от
- Аргыый-аргыый хамсаата,
- Сиккиэр тыалым тарбаҕа
- Оргууй-оргууй тараата.
- Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,
- Халлаан чэмэлин бүрүннэ,
- Сөрүүн күлүк талах төрдүн
- Сөрүү тардан, онно саста.
- Өрүс эбэм тааһын сууйа
- Кытыл устун ыкса сүүрдэ,
- Дьэҥкир уута араас өҥнөөх
- Кустук курун сайгыы турда.
- Көҥүл көтөн, күөҕү үктээн
- Эн биһикки көрүлүөх,
- Самаан сайын кыл кылгаһын
- Сатыы сылдьан кэм уһатыах.
«Уһун кыһын кылгаата…»
- Уһун кыһын кылгаата,
- Уһун тыына мөлтөөтө,
- Утах уота сырдаата,
- Уоһум күлэн ыртайда.
- Лабаа хаара чаҕылла
- Тоҥ умнаска дьэргэйдэ,
- Харах саатыах дьиримэ
- Хардыы аайы имнэннэ.
- Саас иһэрэ билиннэ,
- Санаам эмиэ киэркэйдэ,
- Саҥа ырам тилиннэ,
- Сонун баҕам күүһүрдэ.
Ардах
- Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар
- Ыарахан ыарынан тэниһэн,
- Ыыстыйбыт санаанан сундуһан
- Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.
- Күндээрэр күнүм кубарыппыт
- Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,
- Кураанах буорун өрүкүппүт,
- Куолайа кууран күкээрбит,
- Куйаартан сииги эрэйбит,
- Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,
- Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт
- Көҕүөрдээх сирим барахсан.
- Чаҕылҕан курунан таһыллан,
- Чыпчаххай тыаһынан куһууран,
- Хайыта бардылар былыттар,
- Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,
- Хатан-хабараан халлаантан
- Халыс гынна уу муора,
- Хатан сыппыт хара буорга
- Хабах үллэн тэһэ барда,
- Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ
- Чобуо битии тэптэ, тэптэ.
- Куттас куттаах быкпат гына
- Курбуу уота күлүмнээтэ,
- Кэрэ-намчы көрбөт гына
- Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,
- Иҥнэри барыах илиттэ
- Түҥнэри барыах инчэттэ,
- Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,
- Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,
- Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,
- Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,
- Хара уу халыйда,
- Үрүҥ уу үлүннэ,
- Олус омуннуран
- Уоҕа хараата,
- Уостан хаалла,
- Халлаан халынна,
- Үрүҥ Айыы тыынна.
- Сир ийэ тилиннэ,
- Симэҕин иилиннэ,
- Сир киһитэ илгиһиннэ,
- Сирэм күөх эргилиннэ.
Күһүн
- Түүнүм кэллэ, барыйа,
- Күнүм куотта, сыбдыйа,
- Турдум манна, хомойо,
- Барбыт кэммин бэрийэ.
- Күһүн буолла, кытара,
- Көмүс суола дыргыйа,
- Көтөр санаа үрдүккэ
- Көтөр курдук сапсына.
- Сарсын кэлиэ, кылыйа,
- Саҥа суолу арыйа,
- Арай хаалыа, сайыһа,
- Ааспыт сайын амтана.
«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»
- Лыҥкынас мин көмүс тапталым
- Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
- Сүүс араас куоласка ыһылла,
- Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
- Айылҕам араҕас хараҕын уулара
- Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
- Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
- Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
- Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,
Продолжить чтение